22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Сэрэниҥ, гириип өрө турда

16:51, 18 января 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саҥа сыл иккис нэдиэлэтиттэн саҕалаан, гириип уонна ОРВИ ыарыылар өссө элбэх сиргэ-уокка киэҥник тарҕаныахтарын сабаҕалаабыттара. Бүгүҥҥү туругунан, гириип уонна ОРВИ ыарыылар Арассыыйа 52 субъегар киэҥник тарҕаннылар. Регионнарга үксүлэригэр ыарыы өрө туруутун муҥутуур боруогун 60 бырыһыанынан куоһарда. Бу туһунан edersaas.ru иһитиннэрэр.


Бу сыстыганнаах ыарыыттан 2017 сылга киирэн баран, биэс киһи өлбүтэ бэлиэтэннэ (исписэлиистэр этэллэринэн, былырыыҥҥы сыл көрдөрүүтүнээҕэр кыра). Гирииптэн өлүү бастакы түбэлтэтэ Тамбов уобалаһыгар тахсыбыта. 60 саастаах эр киһи ыарыыттан харыстанар быһыыны ылбатах, ыалдьыбыта 10 хонук буолан баран  балыыһаҕа кэлбит.

РФ доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Вероника Скворцова иһитиннэрэринэн, Арассыыйаҕа тохсунньу бүтүүтүгэр—олунньу саҥатыгар гириип иккис долгуна күүтүллэр. Эбиитин эмчиттэр ситэ үөрэтэ илик «гонконгскай» гирииптэрэ кэлиэ диэн сэрэхэдийэллэр. Гириип бу көрүҥүн кэнниттэн сыыстаран, ойоҕостотуохха уонна бронхит бэргиэн сөп. Оҕо күүтэр дьахталлар, саахар диабеттаахтар, ааһан-араҕан биэрбэт олохсуйбут ыарыылаахтар сэрэниэхтэрин наада.

2016 с. дойдуга гирииптэн харыстанар быһыыны 55 мөлүйүөнтэн тахса киһи (нэһилиэнньэ 40 бырыһыанын кэриҥэ) ылбыта. Онон гириип ыарыыта улахан содула суох буолуон сөп.

Билигин дойдуга 900-тэн тахса оскуола, 15 оҕо саада уонна 39 интэринээт-оскуола сабылыннылар.

РФ кылаабынай санитарнай бырааһа Анна Попова: «Гириип сезонугар үктэннибит. Нэдиэлэ аайы араас вируһу булуу элбээтэр-элбии турар. Икки-үс нэдиэлэнэн хартыына өссө уларыйыа», – диэн ыарыыттан сэрэхтээх буоларбытыгар эттэ.

Саха сиригэр

Саҥа сыл бастакы нэдиэлэтигэр гириип өрө туруутун боруогун кыратык эрэ аһары барбытын, ыарыы өрө туруута билиҥҥитэ бэлиэтэнэ илигин туһунан СӨ Роспотребнадзора иһитиннэрбитэ.

Оттон билигин 16 улууска гириип уонна ОРВИ ыарыыларын муҥутуур боруога 50% куоһарбытын туһунан чопчулаатылар. Тохсунньу 9-15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ 7,5 тыһыынча олохтооҕо медицинскэй көмөҕө наадыйда.

Тохсунньу 23 күнүгэр диэри оскуолалар сабылыннылар

Дьокуускайга гириибинэн уонна ОРВИ-нан ордук элбэхтик оскуола үөрэнээччилэрэ ыарыйдылар. Онон сибээстээн, куорат оскуолаларыгар бары кылаастарга тохсунньу 16-23 күннэригэр диэри үөрэх тохтотулунна. Ленскэй улууһугар икки оскуола уонна Өймөкөөн улууһугар биир оҕо саада сабылыннылар. Хааччахтааһын оскуола таһынааҕы тэрээһиннэргэ эмиэ туһаайыллар.

Лаборатория мониторина көрдөрөрүнэн, А (H3N2), А (H1N1), B уонна атын гириипкэ киирбэт хас да тумуу вируһа (парагрипп, аденовирус, РС-инфекция вируһа, коронавирус, риновирус, метапневмовирус, бокавирус) бэлиэтэнэллэр.

Исписэлиистэр харыстанар маасканы кэтэргэ, тымныйыыны утары эми иһэргэ, төрөппүттэр оҕолорун элбэх киһи тоҕуоруһар сиригэр, киинэ тыйаатырдарыгар сырытыннарбаттарыгар сүбэлииллэр.

Эпидемияны утары хамыыһыйа аныгыскы мунньаҕа тохсунньу 23 күнүгэр буолуоҕа, манна харантыын уһатылларын-уһатыллыбатын чопчулуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА