Анаабыр улууһун дьаһалтата уонна “Сахамедиа” холдинг оройуон олоҕун, экономическай сайдыытын уонна инники кэскилин туһунан киинэ устуохтара. Бу бырайыак бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэһиигэ олоҕурар.
Киинэни устуу олунньу ыйтан саҕаламмыта уонна ыам ыйыгар тахсара күүтүллэр. Бырайыагы “Сахамедиа” интернет-биэрии эрэдээктэрэ Розалия Борисова салайыаҕа. Кини этэринэн, киинэ бырамыысыланнаһы баһылааһын, норуот хаһаайыстыбатын сайдыытын, таба иитиитин, үлэһит дьон туһунан кэпсиэҕэ.
Сөбүлэһии чэрчитинэн “Якутия”, “Саха сирэ” хаһыаттарга, ону тэҥэ СИА сайтыгар муниципалитет социальнай, экономическай олоҕун кэпсиир ыстатыйалар тахсаллара күүтүллэр.
Бу докумуоҥҥа “Сахамедиа” РИИХ” АУо генеральнай дириэктэрэ Кирилл Алексеев уонна Анаабыр улууһун баһылыга Иван Семенов илии баттастылар.