15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Сахаайа Громова Хаҥалас улууһун култууратын саҥа таһымҥа таһаарда

18:01, 27 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Улахан дьиэ кэргэн Далбар мааны хотуна, элбэх оҕо күн-күбэй ийэтэ, Хаҥалас Чаппаайыттан төрүттээх улуус култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Сахаайа Владимировна Громова туһунан кэпсиибит. Кини 2015 сыллаахха сэтинньи ыйтан салайааччынан ананан кэлиэҕиттэн номнуо бэһис сылын айымньылаахтык, таһаарыылаахтык, хотуулаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар, диэн суруйар СӨ култууратын туйгуна, “Арчы Дьиэтэ” Хаҥалас улууһун норуот айымньытын киинин дириэктэрэ Лидия Харитонова.


Эдэр эрчимнээх Сахаайа Владимировна Громова салайааччынан кэлиэҕиттэн, тобуллаҕас толкуйунан, мындыр өйүнэн, сатабыллаах дьаһайыытынан, ирдэбиллээх үлэтинэн Хаҥалас улууһун култуурата сайдан-үүнэн барбыта. Бастатан туран,  кини нэһилиэк култуураларын кииннэрин, баһылыктарын, араас түмсүүлэрин култуура эйгэтигэр сыһыаран, биир санааҕа түмэн  үлэлэтэр.

2016 сыллаахха  Хаҥалас улууһун ытык-мааны дьоно Саха норуодунай суруйааччыта П.Н.Харитонов-Ойуку, биллэр-көстөр краеведпыт П.Р.Ноговицын ыллыктаах санааларын, этиилэрин  өйөөн,  Тыгын сыла биллэриллэн, Хаҥалас бастакы  баһылыгын үйэтитэргэ аналлаах үгүс элбэх сүдү тэрээһиннэр “Тыгын сыдьааннара” бэстибээл, “Тыгын сквозь времена и события” научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр ыытылыннылар, уйгулаах ыһыахтар ыһылыннылар. Бу сылга хаҥаластары сомоҕолуур сыаллаах Саха тыйаатырыгар  Тыгын сылын түмүктээн, олус дириҥ суолталаах тэрээһин ыытыллан, онтон сиэттэрэн билигин Хаҥалас түмсүүтэ биллэ сомоҕолосто.

2017-2019 сылларга Хаҥаласка үлэ сыла биллэриллэн, Сахаайа Владимировна култуура үлэһиттэригэр  маастардары түмэр сыаллаах этии киллэрэн, өйөбүл ылан, култуура эйгэтин үлэһиттэригэр  “Норуот маастарын сыла” биллэриллэн, олус элбэх хабааннаах тэрээһиннэр ыытыллыннар. Хаҥалас норуотун маастардара үйэтитиллэн сыл бастыҥ халандаарыгар киирдилэр. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара” бэлиэни ылааччылар сылын ахсын элбии тураллар, билигин барыта 23 киһи  норуот маастара үрдүк ааты сүгэр. “Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара” 32 киһи  үрдүк  ааты ыллылар. Кини көҕүлээһининэн “Хаҥалас улууһун норуотун маастара” бэлиэ балаһыанньата, мэтээлэ  оҥоһуллан, билигин элбэх дьон ону түөстэригэр иилинэн, үөрүүлэрэ үгүс.

Өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэр-көстөр тимир ууһа Александр Данилов Араассыйа тимир уустарын гильдияларыгар саха уустарыттан бастакынан киирбитэ үгүһү кэпсиир. 2016 сылтан “Культурный десант” диэн ааттаах култуура салалтатын иһинэн түмсүү олохтонон, хас биирдии нэһилиэги хабан, Арассыыйаҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ, Хаҥалас улууһугар бигэргитиллибит сыллары  сырдатар, былааннаах үлэлэрин кэпсиир, көҕүлүүр үлэлэр ыытыллаллар.

2018 сылга этнографтарбытыгар Г.В.Ксенофонтов 130, Г.У.Гермогенов-Эргис 110 сылларыгар анаан музей үлэһиттэрин кытары өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа, аан дойду таһымнаах олус элбэх тэрээһин муҥура суох ыытылынна.

Г.В.Ксенофонтов төрөөбүт дойдутугар Чкалапка тиийэн, омук дьоно кыттыылаах ыһыаҕы тэрийбиппит, аны түмүктүүр сылларын Саха тыйаатырыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга көрдөрбүппүт. Владивосток куоракка хаҥаластар ыһыах ыһан,  норуоппут култууратын, үтүө үгэһин билиһиннэрэн, улууспут баһылыга Г.Ю.Алексеев култуура, үөрэҕэрии, спорт, туризм сайдыытыгар бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥ түһэрсэн, Владивосток мэрин кытта илии баттаспыттара.

Былырыын Софрон Сыранов 300 сылын бэлиэтээн, Ил Түмэн дьиэтигэр улуус депутааттара кыттыылаах сэргэх тэрээһиннэр ыытыллыбыттара. Бу үрдүк таһымнаах тэрээһини ыытар баҕаттан Сахаайа Владимировна элбэх сыратын ыыппыта.

Сахаайа Владимировна сотору-сотору нэһилиэк култуураларын кииннэрин үлэлэрин кытта миэстэтигэр тиийэн билсэр, сүбэ-ама биэрэр.

Сылын ахсын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэрт көхтөөхтүк кыттар буоллубут, дьоһун миэстэлэргэ тиксэбит, онон хаҥаластар өрөспүүбүлүкэҕэ биллэн-көстөн эрэбит. Ытык дьоммутун өйөөн, култуурабыт бэтэрээннэрин П.Н.Харитонов-Ойуку, “Эркээни эдэр сааһа” наруодунай үҥкүү ансаамбылын төрүттээбит салайааччылаах  Романова В.Е., үгүс элбэх ырыа буолбут хоһооннордоох Х.П.Горохов-Элгэстэй үбүлүөйдээх сылларын Саха тыйаатырыгар, ХИФУ кэнсиэртиир саалатыгар чиэстээхтик ыыталларыгар көмөлөһөн, сүдү дьоммут барахсаттар С.В.Громоваҕа тус бэйэтигэр махтаммыттара.

Хаҥалас улууһун ыччатын өйөөн, “Дархан сахалар” ырыа куттаах ыччаты түмэн, видео клип сүрэхтэммитэ, култуура үлэһиттэрин өйөбүлүнэн  “ТАБЫС” өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыччат  бэстибээтэ, “Ыллаа-туой Хаҥалас ыччата” куонкурустар үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыттара. Ону таһынан Сахаайа Владимировна нэһилиэк култуура кииннэрин бырайыактарын өйөөн өрүү күүс-көмө буолар.

Никита Аржаков режиссердаах “Тыгын Дархан” киинэ уһуллуутугар үгүс дьон историческай киинэҕэ уһулуннубут.

Сахаайа Владимировнаҕа тус бэйэм махталым муҥура суох. Ол курдук сөптөөхтүк дьаһанан, оптимизация кэмигэр штатнай единицаны көҕүрэппэт сыалтан уонна нэһилиэк култуураларын  кииннэрин  түмэн  үлэлэтэр баҕаттан,  туспа тэрилтэ буоларбар сүбэ биэрэн, биһиги 2018 сылтан  “Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” норуот айымньытын киинэ” муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтэ буолбуппут. Инньэ гынан үлэ миэстэтин оннугар хааллардыбыт. 2018 сылаахха тэрилтэм төһө да саҥа тутууга кииристэр, мөлтөх хаачыстыбалаах тутуу буолан, ППМИ бырагырааматыгар кытыннаран, үп көрүллэн,  ис муостатын, үрдүн, тас өттүн  бүрүйэн, хаттаан өрөмүөн оҥоттордубут.

Сахаайа Владимировна материальнай-техническай баазам хаҥыырыгар болҕомтотун уурар,  федеральнайдааҕы бырагыраамаҕа олоҕуран, култуурабыт министиэристибэтэ олохтообут бырайыагар кыттан, 2 мөл кэриҥэ солк суумалаах субсидияҕа тиксэн,  улахан  аппаратура, аудиостудия ылынныбыт, ону ыларбытыгар, олохтоох бүддьүөт харчытын  култуура үбүттэн көрбүттэригэр тирэх буолбута. 2019 cыллаахха  олохтоох граннарга тиксэр баҕаттан “Норуот айымньытын киинэ” олохтоох уопсастыбаннай тэрилтэ арынан НКО тэринэн, быйыл, улуус дьаһалтата олохтообут субсидиятыгар тиксэн, 100 тыһыынча солкуобайга “Дойдуга бэриниилээх буолуу” сылынан олохтоох мелодистар ырыаларын түмэн нэһилиэк гимнарын ырыанньыгын бэчээттэтээри түбүгүрэ сылдьабыт.

Сахаайа Владимировна Хаҥалас улууһун Олоҥхо ассоциациятын уопсастыбаннай түмсүүтүн салайар, онон олохтоох олоҥхону чинчийээччибит Е.Е.Лукин аатын үйэтитэр сыаллаах бырайыакпын өйөөн, кини 100 cыллааҕы үбүлүөйүн көрсө полевой экспедицияны тэрийэр бырайыакпын өйөө, Хаҥалас, Горнай, Чурапчы улуустарын кэрийэрбитигэр, үлэһитин Е.Е.Варламовы кытыннаран, транспорынан өйөөн, олус элбэх нэһилиэктэри кэрийэн Егор Лукиҥҥа аналлаах матырыйааллары  хомуйарбытыгар төһүү күүс буолбута. Экспедициябыт түмүгүнэн 2018 сыллаахха кини олорон ааспыт сиригэр Булгунньахтаахха  «Забытые собиратели олонхо»: 100-летию со дня рождения собирателя-корреспондента ИГИ и ПМНС СО РАН Е.Е.Лукина – Тюммют Джегюер” чинчийэр научнай институт үлэһиттэрэ кыттыылаах V-с өрөспүбүлүкэтээҕи форум  ыытыллыбыта. Форум түмүгүнэн быйыл эмиэ култуура бүддьүөтүттэн 100,00 солкуобай көрүллэн, «Собирательская деятельность корреспондента Егора Лукина в контексте становления якутской полевой фольклористики» кинигэ институт иһинэн бэчээттэнэн күн сирин көрдө.

Кини үлэлиэҕиттэн, сылын ахсын култуура үлэһиттэрин күнүгэр, 60 cаастарын туолбут култуура бэтэрээннэригэр “Хаҥалас улууһун култууратын бэтэрээнэ” үрүҥ көмүстэн кутуллубут мэтээл туттарыллар буолла. Саҥа дьыл ахсын профсоюзпут култуура үлэһиттэригэр анаан, нэһилиэк профсоюзтарын түмэн Саҥа сылы бииргэ көрсөбүт, Саха сирин профсоюзтар ыытар тэрээһиннэригэр  уонна спартакиадаларыгар кыттарбытыгар Сахаайа Владимировна транспорынан тэрийэн ыытар, бэйэтэ көхтөөхтүк кыттар.

Билигин 15 cыл устата култуура эйгэтигэр үлэлии сылдьар үлэһиттэргэ “Саха өрөспүүбүлүкэтин кутууратын туйгуна” үрдүк ааты ылар туһуттан, култуура министерствотыттан квотаны  туруорсан үгүс дьон  туйгун аатын сүгэн, Сахаайа Владимировнаҕа  олус  махтаналлар. Кинилэри сэргэ урут үлэлээн тиксибэтэх бэтэрээннэрбит эмиэ ыланнар махталлара муҥура суох.

Мин санаабар биэс эрэ сыл устатыгар Сахаайа Владимировна олус хотуулаахтык, чиҥник  салайан үлэлээтэ, инньэ гынан хас ыытыллыбыт сүдү тэрээһиннэрбит Хаҥалас улууһун историятыгар көмүс буукубанан суруллан үйэтитилиннилэр, кини сыралаах  үлэтин сыаналаан, бырабыытылыстыба, министиэристибэлэр, улуус дьаһалтатын, нэһилиэк баһылыктарын ааттарыттан  элбэх махтал суруктара туттарыллыбыттара туоһулууллар.

Төрүт өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын чинчийбит, филологическай наука хандьыдаата, Г.В.Ксенофонтов аатынан стипендияны бастакынан ылбыт  Владимир Иванович Лиханов уонна Саха сирин Лукиновтар учууталлар династияларын утумнааччы, учууталлар учууталлара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала Сина Георгиевна Лиханова төрөппүт оҕолоро төрөөбүт улууһугар төннөн кэлэн үлэлээн, култуурабыт тирэхтээх буоларыгар бары күүһүн-уоҕун түмэн  үлэлии сылдьарыттан, төрөппүттэригэр, кини дьиэ кэргэнигэр  өйөбүллэрин иһин барҕа махталбытын тириэрдэбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА