22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха ынаҕа "Золотая осень-2022" быыстапкаҕа Москваҕа кыттар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха ынаҕын Москваҕа буола турар «Золотая осень-2022» быыстапкаҕа көрдөрөллөр. Наука үлэһиттэрэ, тэрээһин кыттыылаахтара саха боруода ынаҕа кыһыҥҥы тымныыны тулуйуутун интэриэһиргииллэр, СИА суруйар.

«Якутский скот» тэрилтэ быыстапкаҕа саха ынаҕын, оҕуһун уонна тарбыйаҕын туруорда.

«Саха Өрөспүүбүлүкэтин быыстапкаҕа саха сүөһүтэ көрдөрөр. Россияҕа генофонду харыстыыр сыал турар, онон куттала суох аһы харыстааһын үөскүүр. Биһиги бэйэ боруодатын харыстаатахпытына, ол иһигэр, саха сүөһүтүн, сылгытын, табаны, оччоҕуна кинилэр генотиптара кэлэр көлүөнэҕэ хаалыаҕа. Холобур, саха сүөһүтүгэр тыйыс тымныыга тулуур гена баар. Бу ген 600-700 сыл анараа өттүгэр баар буолбут. Ол иһин биһиги сүөһүлэрбитинэн наука дьоно интэриэһиргиир. Быыстапканы көрө кэлбиттэр эмиэ интэриэһиргииллэр: сүөһү уҥуоҕа кыра, эриэн өҥнөөх, муоһа сытыы, туспа майгылаах», — диэн кэпсээтэ тэрилтэ салайааччытын солбуйааччы Егор Посельский.

Сиһилии https://ysia.ru/yakutskij-skot-uchastvuet-v-vystavke-zolotaya-osen-2022-v-moskve/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА