Саха сирин ынаҕын этэ PeterFood быыстапка кыһыл көмүс мэтээлин ылла.
Санкт-Петербург куоракка сэтинньи 17-19 күннэригэр 29-с Норуоттар икки ардыларынааҕы «Петерфуд-2020» ас-үөл быыстаката тэрилиннэ. 300-тэн тахса экспонент Россияттан, Беларусияттан, Казахстантан, Турцияттан, Японияттан, Грузияттан, Польшаттан, Индияттан, Францияттан, Монакоттан, Латвияттан уонна Болгарияттан кытынна.
«Саха сирин сүөһүтэ» тэрилтэ ынах арыытын уонна саха боруода сүөһүтүн этиттэн стейк туруорда. Көрүү түмүгүнэн, «Наша марка» дегустациялааһын түһүмэҕэр кыһыл көмүс мэтээли ылла. Бу хайысхаҕа барыта 100 бородуукта көрдөрүллүбүтүттэн, 37 кыһыл көмүс, 7 үрүҥ көмүс мэтээллэринэн бэлиэтэннилэр.