5 Ахсынньы 05.12
  • -26°
  • $ 104,24
  • 110,2

Саха сирин улуустарыгар астероид көтүүтүн көрдүлэр

10:01, 04 декабря
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ахсынньы 3 күнүттэн 4 күнэ буолар түүнүгэр Өлүөхүмэ, Ленскэй, Сунтаар улуустарыгар астероид көтүүтүн көрдүлэр. Көстүү быстах кэмҥэ C0WEPC5 ааты ылла.

ЫБММ кылаабынай управлениетын Саха сиринээҕи салаатыгар эппиттэринэн, астероид сир шарын тулалыыр салгын бүрүөтүн үрдүнэн ааста уонна кутталы үөскэппэт.

Эрдэ Роскосмос кутталлаах астероид Сиргэ чугаһыырын сэрэппитэ.

Саха сиригэр астероид түһүүтүн траекторията ситиһиилээҕинэн уратылаах диэххэ сөп. Ол туһунан «Известия» хаһыакка профессор уонна РНА метеориттарга кэмитиэтин чилиэнэ Виктор Гроховскай суруйда.

«Сир телескоптара халлаан олус кыра чааһын кэтээн көрөллөр. Онон астероиды тутан көрүү улахан ситиһии буолар. Түһүүтүн траекториятын уонна кэмин астрономнар арыый хойутуу буоларыгар суоттаабыттар. Бу уопсайынан ситиһии», — диэтэ кини.

Өлүөхүмэ, Ленскэй, Сунтаар улуустарыгар  видеоҕа хатаан хаалларбыт дьикти көстүүлэрэ — комета курдук кутуруга уонна күлүм гыныы.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова