22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сирин соҕуруулуу-арҕааҥы улуустарын 2025 сылга диэри гаастыахтара

11:02, 22 сентября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ил Дархан Айсен Николаев уонна «Газпром» бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Алексей Миллер Саха сирин улуустарын гаастааһын туһунан бырагыраамаҕа илии баттаатылар. Бырайыак аахсыйалаах уопсастыба дириэктэрдэрин Сэбиэтигэр оҥоһуллубута уонна ааспыт нэдиэлэҕэ өрөспүүбүлүкэ салалтатын кытта дьүүллэһиллибитэ. 89841196975 нина


Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, «Сибиир күүһэ» гаас ситимин кэскиллээх үлэтинэн, кэлэр биэс сылга 21 нэһилиэнньэлээх пуун күөх төлөҥҥө холбонуоҕа. «Өрөспүүбүлүкэбитигэр тыын суолталаах боппуруос буолар, гаастааһын Алдан, Ленскэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ оройуоттарын сайыннарыаҕа. Чуолаан бу улуустар бырагыраамаҕа киирдилэр. Тыһыынчанан Саха сирин дьонун олоҕун хаачыстыбата тупсуоҕа. Бу экономика уонна социальнай эйгэ таһыма улаатарыгар төрүт буолар», – диэтэ баһылык.

Айсен Николаев эрэннэрбитинэн, гааһы киллэрии бары ирдэбили тутуһан барыаҕа, хаачыстыбалаахтык тардыллыаҕа уонна болдьоҕор үлэҕэ киириэҕэ. ««Газпром» салалтатыгар махтанабыт, ордук өрөспүүбүлүкэ бюджетыгар бу тыын суолталаах боппуруос быһаарыллыытыгар өйөбүллэрин иһин», – диэтэ Айсен Николаев.

«Газпром» салайааччыта Алексей Миллер Саха сирин сайдыытыгар эрэллээх сыһыан олохтохтоммутун эттэ.  «Бу бырагырааманы киллэриинэн, 2025 сылга гаастааһын көрдөрүүтэ 40,80% тахсыахтаах. «Газпром» бэйэтин өттүттэн бырагырааманы үбүлээһинин улаатыннарда. Ол курдук 9 млрд солк ордугу тыырда», – диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА