Саха сирин үс улахан куоратын экологиятын Экология сэбиэтигэр дьүүллэстилэр. Ил Дархан Айсен Николаев кыттыыны ылла. Дьокуускайга, Мииринэйгэ уонна Нерюнгрига уу уонна салгын киртийиитин туоратыыга туох ханнык миэрэлэр наадаларын туһунан СИА матырыйаалыгар ааҕыҥ.
«Куораттар санитарнай уонна экологическай кыһалҕалара кыра территорияҕа киһи ахсаана эбиллиитэ, промышленнай тэрилтэлэр бааллара уонна транспорт элбэҕин кытта сибээстээх«, — диэтэ Айсен Николаев.
Сүрүн тиэмэнэн уу киртийиитэ эрэ буобакка, салгыҥҥа уонна кырыска буортулаах һэктэр бааллара уонна куораттар көҕөрдүнүүлэрэ мөлтөҕө буолара этилиннэ.
Манна эбии өссө хас да сабыдыаллыыр биричиинэ баарын сүрүн санитарнай быраас Маргарита Игнатьева эттэ. Бүтэһик 10 сылга элбэх киһи массыыналаммытынан, салгыҥҥа сибиниэс уонна бензапирен курдук һэктэр эбиллибиттэрэ биллэр. Бензапирен уматык туттулуннаҕына тахсар уонна бастакы кылаастаах кутталы үөскэтиигэ киирсэр. Ити эрээри билиҥҥи туругунан, бу нуорманы куоһарбат, диэтэ эксперт.
Игнатьева эппитинэн, куораттар салгыннарыгар араас биричиинэ дьайар. Холобур, Дьокуускайга быыл, ОДьКХ, электроэнергетика уонна тутуу тэрилтэлэриттэн хаалар тобохтор буолаллар.