Саха сиригэр 3 тыһыынча социальнай хантараак түһэрсилиннэ, уопсай суумата 430 мөл солк. Саамай тарҕаммыт хайысханан тус предпринимательство сайдыыта буолар. Ол туһунан үлэ министиэристибэтэ эттэ.
Тустаах судаарыстыбаннай социальнай көмө кыра дохуоттаах дьиэ кэргэттэргэ уонна соҕотох олорор дьоҥҥо көрүллэр. Ордук болҕомто элбэх оҕолоох ыалга, оҕолоох ыалга, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр туһаайыллар.
Кээмэйэ 2024 сылга 500 тыһыынча солк диэри, манна сайаапкалааччы бизнес-былааныттан суума көрүүтэ тутулуктанар.
Сиһилии https://ysia.ru/zhiteli-yakutii-s-nachala-goda-zaklyuchili-poryadka-3-tysyach-sotsialnyh-kontraktov/