«Быарга, бүөргэ оҥоһуллар уонна сүрэххэ саатар биир эппэрээссийэ баар буолуохтаах. Пациеннар испииһэктэрэ оҥоһулунна, диализтаах ыарыһахтар элбэхтэр», – диэтэ кини.
Миниистир иһитиннэрбитинэн, 2025 сыл иккис аҥарыгар Кузьмин аатынан уулуссаҕа № 2-дээх куорат балыыһата үлэҕэ киирдэҕинэ, манна нефрологическай амбулаторнай киин арыллара былааннанар.
«Саҥа кииҥҥэ бүөрдэрэ ыалдьар дьоҥҥо медицина өҥөтүн оҥоруохтара. Пациеннар араас чинчийиини ааһыахтарын сөп, терапия ылаллар, гемодиализ процедуратын ааһаллар. Маны сэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи № 1-дээх балыыһа – медицина Национальнай киинэ уонна министиэристибэ сүрүн штаты таһынан трансплантолога Альберт Васильев тэрийиилэринэн исписэлиистэр үс биригээдэтэ Сергей Готьеҕа стажировкаланнылар», – диэтэ салайааччы.