Балаҕан ыйын 21 күнүгэр Саха сирин байыаннай комиссара Александр Авдонин Россия президиэнэ Владимир Путин ыйааҕар сөп түбэһиннэрэн, быстах байыаннай хомуур саҕаламмытын туһунан бирикээһэ таҕыста, суруйар СИА.
Докумуоҥҥа олоҕуран, саппаака баар офицердар, прапорщиктар, мичманнар, сержаннар, старшиналар, саллааттар уонна мотуруостар, Саха сирин территориятыгар бастайааннай олорооччулар, бэбиэскэ туппут күннэригэр болдьоммут кэмҥэ муниципальнай тэриллиилэрин байыаннай комиссариаттарыгар, бэбиэскэҕэ суруллубут пууннарга кэлэллэрэ булгуччулаах.