23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сирин Арктикатыгар саҥа тутуулар эбиллэллэр

13:23, 15 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кулун тутар 18 күнүттэн муус устар 8 күнүгэр диэри Саха сирин үрдүнэн Арктика Күнүгэр анаммыт тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Ол туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Галина Данчикова дьаһалга илии баттаата. Санатар эбит буоллахха, Арктика Күнүн бэлиэтиири 2014 сыллаахха Ил Дархан Егор Борисов бэйэтин Ыйааҕынан бигэргэппитэ.


СӨ Ил Дарханын иһинэн Арктикатааҕы Сэбиэт сүрүннүүр мунньаҕа, бастакы регионнар икки ардыларынааҕы «Арктика эйгэтэ» быыстапка-дьаарбаҥка, «Тымныы полюһугар айан» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаһал, «СӨ төрүт олохтоох норуоттарын култуурата» оскуола үөрэнээччилэригэр олимпиада, Үлэ геройа В.М. Кладкин 85 сааһыгар анаммыт табаһыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи сүлүөттэрэ, «Арктика оҕолорун Оонньуулара» иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии, «Проблемы возрастной патологии в арктическом регионе: биологические, клинические и социальные аспекты» Россиятааҕы научнай-практическай конференция ыытыллыаҕа.

2014 сылтан өрөспүүбүлүкэҕэ Арктика уонна хотугу улуустар 2020 сылга диэри сайдыыларын биир кэлим бырагыраамата оҥоһуллубута. Үбүлээһинэ — 7,4 млрд.солк.

Арктика уонна хоту улуустарга ураты болҕомто тутууга ууруллар: олорор дьиэ, оҥорон таһаарыы уонна социальнай объектар. Күн бүгүн 33 нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 2-лии, 4-түү квартиралаах дьиэлэр эдэр специалистарга анаан тутуллаллар, ол иһигэр 19 дьиэҕэ малааһын буолла.

Былырыын Боронукка оскуола, Баатаҕайга спортивнай саала, Чөрүмчэҕэ фельдшерско-акушерскай пуун, Эдьигээҥҥэ дьыссаат уонна «Доруобуйа» элбэх функциялаах киин киллэриллибиттэрэ. Маны сэргэ Чокурдаахха оҕо саадын дьиэтин саҥардыы, Эдьигээҥҥэ, Белай Гораҕа, Өлөөҥҥө баһаарынай деполар тутулуннулар.

Дьааҥыга, Орто Халымаҕа, Усуйаанаҕа дьыссааттар, Кэбэргэнэҕэ, Белай Гораҕа спортивнай саалалар, Хонууга, Орто Халыма куоратыгар, Үйэндэҕэ култуура объектара дьэндэйдилэр.

Абыйга, Анаабырга, Булуҥҥа, Эдьигээҥҥэ, Муомаҕа, Аллараа Халымаҕа, Өлөөҥҥө, Орто Халымаҕа, Усуйаанаҕа, Эбээн Бытантайга хочуолунайдар тутуллан, саҥардыллан үлэҕэ киирдилэр.

Хотугу улуустар үгэскэ кубулуйбут салааларынан дьарыктаналларыгар анаан 12 объект тутулунна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА