Өрөспүүбүлүкэҕэ 720 устуука «Спутник М» вакцина кэллэ. Сотору кэминэн 12 — 18 саастаахтарга быһыыны туруоруу саҕаланыаҕа. Дьаһал баҕалаахтарга эрэ оҥоһуллар. Ил Дархан Айсен Николаев оҕо быһыыны ылыытын төрөппүт быһаарар, сокуоннай бэрэстэбиитэлин быһыытынан диэн эппитэ, суруйар СИА.
Санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньа уустук, ааспыт сууккаҕа 1 937 киһи ыалдьыбыта бэлиэтэннэ.
137 киһи балыыһа киирдэ. 410 киһи үтүөрдэ. Ыарыы чэпчэкитик ааһар.
Медүлэһиттэр ыарыы тутула сааскы уонна күһүҥҥү ОРВИ-га атылыытын этэллэр.