Атырдьах ыйын саҥатыгар Саха сиригэр үүт ас, арыы, туус, килиэп уонна сэлиэһинэй бурдугунан оҥоһуктар, ириис, гречка куруппа, сүбүөкүлэ, тушенка, оҕо боруһуок үүттэрэ 1-3%, ону тэҥэ эриэппэ луук 12% сыаналара үрдээбитин бэлиэтээбиттэрэ. Бу туһунан мониторинг түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэтээҕи Госкомцен тэрилтэтэ иһитиннэрэр.
Ону тэҥэ, сибиинньэ, балык, мас арыыта, сымыыт, саахар, чэй, вермишель, хортуоппуй, моркуоп, банан, апельсин сыаналара 1 — 5%, перец, хаппыыста уонна помидор 9 — 13% чэпчээбиттэр. Бэс ыйыттан ынах, бараан, куурусса, килиэп уонна мандарин сыаналара уларыйбат.
«Сыана көнөн эрэр көстүүтэ дойду уонна өрөспүүбүлүкэ салалтата бизнеһи өйүүр дьаһалларын түмүктэрэ, тас дойдулары кытары буола турар сыһыан усулуобуйатыгар сайдыылаах конкуренция тэрилиннэ. Сыана аһары үрдээһинин тохтотуу урбаанньыттары кытта профилактическай үлэ сабыдыала», — диэн СӨ Госкомцен тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Винокурова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр- уотугар сыана уларыйыытын кэтээн көрүү уонна предпринимателлэри кытта өйдөтөр үлэ салҕанан бара турар.