22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Саха сиригэр отунан аһаан олорбут динозавр уҥуоҕун буллулар

11:23, 03 декабря 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия уонна Германия палеонтологтара Тээтэ сиригэр-уотугар түөрт атахтаах отунан аһаан олрбут динозавр уҥуоҕун буллулар. Бу харамайдар 135 мөлүйүөн сыл устата олоро сылдьыбыттара биллэр. Lethaia научнай сурунаал суруйарынан, Саха сиринээҕи булумньу саамай тымныы сиринэн буолар.


Зауроподтар триасовой период кэмигэр баар буолбуттар, ити 210 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр. Уһун моой, кутурук, кыра төбө, холуоннаҕа майгынныыр атахтарынан динозаврдар бөлөхтөрүгэр киирсэллэр.

Учуонайдар урукку өттүгэр полярнай эргимтэ регионнарыгар маннык харамайдар уҥуохтарын була иликтэрэ. Маны эрдэтээҥи меловай период бүтэһигэр Хотугу Америкаҕа динозаврдар бүттүүн өлүүлэрэ буолбутун кытта ыкса сибээстииллэр. Арай соҕуруу полушариеҕа – Австралияҕа, Новай Зеландияҕа уонна Антарктидаҕа булуталаабыттара.

Россия уонна Германия палеонтологтара Саха сиригэр Тээтэ диэн сиргэ (62 ° хотугулуу эргиир) Macronaria кылаатыгар киирсэр зауропод тииһин буллулар. Таас буолбут уҥуохтар  улахаҥҥа да, кыраларга да барсар. Ол аата харамайдар манна көннөрү кэлэн ааспакка, олохсуйа сылдьыбыттарын туоһулуур. Онон бу булумньулар аныгы наукаҕа биллэр саамай хотугу зауроподтар буолаллара чуолкайданар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА