Саха сиригэр Кытайтан үс мөлүйүөн медицинскай мааска кэллэ, ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев брифиҥҥэ эттэ.
Хэйлунцзян провинциятыгар СӨ бырабыыталыстыбата сакаастаабыт 5 мөлүйүөн мааскатыттан бастакы партия кэллэ.
Мааскалары, бастатан туран, медицина үлэһиттэригэр, санитарнай быраастарга, полиция үлэһиттэригэр тарҕатыахтара. Бу дьон билигин Саха сиригэр коронавирус инфекциятын кытта охсуһууга инники күөҥҥэ сылдьаллар.