Саха сиригэр олус күүскэ тымныйарын сылыктыыллар. Климатическай нуорматтан салгын баттааһына 7-16 кыраадыска диэри халбаҥныаҕа, бу кутталлаах көстүү буоларын ТАСС-ка Арассыыйа күнү-дьылы кэтээн көрөр киинин научнай салайааччыта Роман Вильфанд иһитиннэрдэ.
Маннык суолталаах уларыйыылар хас даҕаны хонукка энергетиктэргэ уонна атын куораттааҕы сулууспаларга ыарахаттары үөскэтиэхтэрэ, ону тэҥэ киһи уйулҕатыгар куһаҕаннык дьайыан сөп.
Сэтинньи 16 күнүгэр Саха сирин сирин-уотун улахан аҥарыгар сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт, өрүс кытылыгар, арҕаа, соҕуруулуу-арҕаа диэки кыралаан хаардыаҕа. Киин сирдэргэ тымныы туман түһүөҕэ. Анаабыр, Булуҥ оройуоннарыгар тыал 15-19 м/с күүстээх буурҕа.
Киин оройуоннарга салгын температурата түүнүн -36 -41 С° тымныы, хотугулуу-арҕаа, хотугулуу-илин -45 °С, күнүһүн -35 °с. Хаардаатаҕына арҕаа диэки, түүнүн соҕуруу -21 °с-26 °С, сорох сиринэн -28 °-33 °С, күнүһүн -16 ° -21 ° С, соҕуруулуу-арҕаа -6 ° -11 ° с.
Бүгүн, сэтинньи 16 күнүгэр, Уус-Алдан улууһугар температура -47 кыраадыска тиийэ түстэ. 1-5- с кылаас үөрэнээччилэригэр актированнай күн биллэриллэн, оҕолор кэтэхтэн үөрэниэхтэрэ.