Бэҕэһээ, сэтинньи 9 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Сбербаан бэрэсидьиэнэ, Бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Герман Греф итиэннэ ХИФУ ректора Анатолий Николаев искусственнай интеллект лабораториятын тэрийиигэ бииргэ үлэлээһиҥҥэ меморандумҥа илии баттаатылар.
Искусственнай интеллект лабораторията Дьокуускайга аһыллыаҕа. Лаборатория социальнай суолталаах боппуруостары быһаарыыга, ол иһигэр килиимэт уларыйыытыгар, доруобуйа харыстабылыгар, куттал суох буолуутугар, социальнай-гуманитарнай технологияҕа туһалаах буолуоҕа. Научнай институттары, технологическай хампаанньалары кытары ыкса үлэлэһэр былаан турар.
«Искусственнай интеллект лабораториятын тэрийии улахан практическай суолталаах. Чинчийии көмөтүнэн бырайыак иитинэн, холобур, ирбэт тоҥу үөрэтиигэ үлэ ыытыллыаҕа. Маны таһынан салгыы экэниэмикэни цифровизациялааһын турар. Манна искусственнай интеллект өҥөтө улахан буолуоҕа», – диэтэ Айсен Николаев.
Лабораторияны тэрийии туһунан санаан бу сайын Сбер хампаанньа СӨ Бырабыыталыстыбатыгар ыыппыт дизайн-сиэссийэтин кэмигэр киирбитэ. Күн бүгүн маннык кииннэр Владивостокка, Южно-Сахалинскайга уонна Томскайга бааллар.
Саха сирэ