Оҕолоох ыаллары өйүүр бырагыраама Россияҕа 2007 сылтан үлэлиир. Бу сыллар тухары «Ийэ хапытаала» мөлүйүөнүнэн ыалга көмө буолла.
Сыаллаах харчыны оҕо 3 сааһын туоллаҕына туттуллар. Ити эрээри эрдэ дьиэ ылбыт (туттубут) буоллаххытына оҕо төрөөтүн кытта сертификаты туттуохха сөп.
Бырагыраама Россия территориятыгар эрэ үлэлиир, уу харчынан ылыыга көҥүллэммэт.