Саха сиригэр бу нэдиэлэ бүтүөр диэри сөрүүн күн-дьыл туруоҕа. Атырдьах ыйын саҕаланыыта бастакы тоҥоруулары күүтэбит.
Ол туһунан ЯСИА-ҕа ЯУГМС салайааччытын солбуйааччыта— Гидрометкиин начальнига Татьяна Маршалик эттэ.
«Саха сиригэр күн-дьыл туруга уларыйда. 30 кыраадыс итии билигин ханна да суох. Кэлэр сууккаларга хотугулуу — илин уонна илин эҥэргэ миэстэлэринэн кыра ардах түһүөҕэ. Оттон нэдиэлэ бүтүөр диэри нуорматтан намыһах кыраадыс туруоҕа, сөҥүүтэ суох», – диэтэ кини.