25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Саха сиригэр айылҕа күөх луугун хомуйуу саҕаланна

13:01, 05 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Дьокуускай кытыытынан уонна киин улуустарга айылҕа күөх луугун хомуура саҕаланна. Саха сирин олохтоохторо социальнай ситимнэргэ хаартыскалары таһааран эрэллэр.

Күөх луук өрүс кытылларыгар, арыыларга элбэхтик үүннэр. Сиэмэтэ ситэ илигинэ хомуйар ордук. Өр турбут луук мастыйар, амтана буортуйар.

Айылҕа күөх луугун ситиитэ кини ханна үүнэриттэн тутулуктаах. Бэс ыйын ортотугар диэри салҕанан барыан сөп. Дьокуускайтан чугас Тулагиноҕа, Хатаска уонна Күөх хонууга хомуйуохха сөп. Ити эрээри арыыга хомуйар саамай табыгастаах. Онно элбэх үүнэр.

Саха сиригэр айылҕа күөх луугун тоҕус көрүҥэ баар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА