2 Муус устар 02.04
  • -9°
  • $ 80,62
  • 93,44

Саха сирэ инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох ыалы дьиэнэн хааччыйыыга 46 мөл солк көрүөҕэ

10:01, 09 декабря 2020
Читайте нас на

Өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэри дьиэнэн хааччыйыыга 46 мөл солк 2021 сылга көрүллүөҕэ. СИА суруйар. 


«Инбэлииттэри уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэри дьиэнэн хааччыйыыга федеральнайдааҕы бюджеттан 46,9 мөл солк субвенция көрүлүннэ. Бачча кээмэйдээх үбүлээһин өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан эмиэ бэриллэр. Көрүллүбүт үбүнэн 32-33 инбэлиити уонна инбэлиит оҕолоох ыалы дьиэнэн хааччыйар былаан турар», — диэтэ тутуу министиэристибэтин судаарыстыбаннай бырагыраамаларга үлэлиир департамент кылаабынай исписэлииһэ Ольга Закревская.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА