Россия олохтоохторо, 80 саастарын туоллахтарына, страховой биэнсийэлэригэр фиксированнай төлөбүрү улаатыннарар бырааптаахтар. Ол туһунан «Прайм» агентствоҕа Москва уонна Москва уобалаһын Биэнсийэтин пуондата иһитиннэрдэ.
Биэнсийэ пуондата эппитинэн, 80 саастарын туолбут дьон биир ый буолан баран, төлөбүрү икки төгүл улаатыннарыллыбытынан ылыахтарын сөп. Ити эрээри, маннык төлөбүргэ 1 группалаах инбэлииттэр, иитээччитэ өлбүтүнэн атын социальнай биэнсийэнэн туһанааччылар киирсибэттэр.
Маны сэргэ, 80 саастарыттан биэнсийэлээхтэр бэйэлэрин көрдөрөллөрүгэр компенсация оҥорторуохтарын сөп. Манна үлэтэ суоҕунан босуобуйа ылааччылар киирсибэттэр.
Сайабылыанньаны үс көрүҥүнэн толоруохха сөп: Биэнсийэ пуондатын саайтыгар, «Госуслуги» порталга уонна Пуондаҕа бэйэтигэр тиийэн.
РИА Новости