«Россия» быыстапка чэрчитинэн Россия куухунатын дьиэтигэр тоҥ балыгы, убаһа этин, алаадьылаах күөрчэх астааһыныгар маастар кылаас Саха сирин корнерын шеф-асчыттара көрдөрдүлэр.
Арктика куухунатын сыаналааччылара эрдэттэн бары миэстэни толордулар. «Азбука Севера» ситим хаһаайына Данила Козлов мустубут дьону тоҥ балыгынан күндүлээтэ. ВДНХ-ҕа Саха сирин аһатар сиригэр кини илиитинэн 20 тыһыынча порция кыһыллыбыт балык бэлэмнэннэ.
«Мин Саха сиригэр улааппытым. Онон айылҕа деликатестара диэни билэбин. Онон Россия олохтоохторун бу күндү астары кытта үөрэн туран билиһиннэрэбин. Биирдэ биһиэхэ сылдьыбыт, Арктика аһын боруобалаабыт киһи, манна төннөн кэлэ турар. Биһиги дьыалабытын билэбит, дойдубут туһугар үлэлиибит» — диир Данила Козлов.
Шеф-асчыт Сергей Федосеев убаһа этин буһарда, оттон су-шеф Илья Новиков алаадьыны кытта барыанньалаах күөрчэх ытыйда.
Тэрийээччилэр эппиттэринэн, быыстапка кыттыылаахтара саха аһын ырысыаптарын ыйыталаһаллар уонна маҕаһыыннар аадырыстарын чуолкайдаһаллар. Хотугу аска «спрос» баар.
Ааптар: Альбина Пермякова