Россия аграрийдара чэпчэтиилээх ставканан судаарыстыбаттан иэс ылыахтарын сөп. Ол туһунан РФ бырабыыталыстыбата сонуннарыгар бэлиэтээтэ.
АПК тэрилтэлэригэр чэпчэтиилээх ставканан иэс биэриигэ бюджеттан субсидияҕа эбии 10-ча млрд солк көрдүлэр.
Миниистрдар кабинеттарын салайааччы Михаил Мишустин эппитинэн, маннык өйөбүл аграрийдар ис ырыынагы хаачыстыбалаах бородууксуйанан хааччыйыыларын таһынан, дойду таһыгар атыы эйгэтин кэҥэтэр соруктаах.
Чэпчэтиилээх кирэдьиит бырагыраамата аграрийдарга анаан 2017 сыллаахха үлэтин саҕалаабыта. Докумуоҥҥа олоҕуран, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар кылгас болдьоххо эбэтэр инвестициялыырга кирэдьиит ылыахтарын сөп, ставката 5%.
Хаартыска: Анастасия Филиппова, СИА