30 Муус устар 30.04
  • -2°
  • $ 91,78
  • 98,03

Россияҕа 10 сыл бииргэ олорбут ыалга босхо сир түҥэтэри эттилэр

Фото: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Госдума көрүүтүгэр 10 сыл ыал буолан бииргэ олорбут оҕолоох ыалга дьиэ тутталларыгар сир учаастагын босхо биэрэр туһунан сокуон барылын киллэриэхтэрэ. Ол туһунан ТАСС суруйда.

Сокуон барылын ааптардара этэллэринэн, тыһыынчанан киһи олорор элбэх этээстээх биир тииптээх дьиэлэртэн босхолонон, аҕыйах этээстээх дьиэлэри тутууну сайыннарар сыаллаахтар. Быһааралларынан, босхо бэриллибит сир учаастага дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр тэҥинэн үллэһиллэн бас билиигэ бэриллэр.

Санаттахха, Саха сиригэр 25-гэр диэри уруу тэриммит эдэр ыаллар биир кэмнээх төлөбүр ылыахтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА