22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Россияҕа 1,5 диэри саастаах оҕону көрүүгэ босуобуйа төлөбүрүн быраабылата уларыйыаҕа

Фото: Мария Васильева, ЯСИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

РФ үлэ министиэристибэтэ 1,5 диэри саастаах оҕону көрүүгэ төлөнөр босуобуйа быраабылата уларыйарын иһитиннэрдэ. Көннөрүүнү биэдэмистибэҕэ оҥордулар, ТАСС суруйар.

Төрөөбүт дьахтар эрдэ үлэтигэр тахсар буоллаҕына, «страховой» төлөбүрэ оннунан хаалыахтаах диэн этии оҥордулар. Ол эбэтэр оҕотун көрөн олорорунан уоппуската бүтэр, ити эрээри босуобуйатын төлөбүрэ тохтообот.

Тустаах миниистир Антон Котяков быһаарбытынан, босуобуйа кээмэйэ ийэ хамнаһыттан тутулуктаах, бу «страховой» төлөбүр. Бэрээдэккэ киллэриллибит көннөрүүлэр төрөппүт үлэтигэр толору үлэ күнүгэр төннөр түбэлтэтигэр да оннунан хаалаллар.

Оҕону көрөн олорууга уоппуска кэмигэр ийэ атын үлэҕэ үлэлиэн сөп. Бу кэмҥэ урукку үлэтигэр кини үлэтин миэстэтэ баар буолуохтаах.

Санаттахха, билигин «страховой» босуобуйаны уоппуска кэмигэр күн аҥарыгар эрэ үлэлиир төрөппүккэ бэриллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА