Үһүс уонна онтон кэлэр оҕолоругар өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалыгар сертификаттаахтар 15 000 солк суһал наадаҕа тутуохтарын сөп, отчуот көрдөммөт. Ол туһунан үлэ уонна социальнай көмүскэл миниистирэ Елена Волкова социальнай ситимнэргэ эттэ диэн СИА суруйар.
Үлэ миниистирэ эппитинэн, муус устар 9 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэ сокуона ылыллыбыт. Онно этиллэринэн, үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыаллар, илиилэригэр Ийэ хапытаалыгар сертификат тутан сылдьааччылар, ити суумаларыттан 15 000 суһал наадыйыыга туттуохтарын сөбө быһаарыллыбыт.
«Бэрээдэк ылыллыбыта, социальной көмүскэл уоргаттара сайабылыанньалары ылан барбыттара. Бүгүн сайабылыанньалар министиэристибэ электроннай почтатыгар, итиэннэ e-yakutia.ru портал нөҥүө бэриллэллэр. Билигин техническай өрүтэ оҥоһуллар», — диэтэ Елена Волкова.
Санаттахха, өрөспүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаала — 139 716 солк тэҥ.