Судаарыстыба нэһилиэнньэни элбэтэр соруктаах. Ордук элбэх оҕолоох, кыаммат (биир киһиэхэ тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах) ыалларга көмө элбэх. Ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан туспа үп көрүллэр. Суумата 2016 сыл тохсунньу 1 күнүгэр олохтоммута.
Ийэ хапытаала (2011 сыл кэннэ төрөөбүт/иитэ ылыллыбыт үһүс оҕоҕо) – 133 190 солк.
Элбэх оҕолоох кыаммат ыалларга спортивнай, оскуолаҕа кэтиллэр таҥас ыларга анаан сылга биирдэ бэриллэр көмө – 3106 солк.
Эдэр ыалларга (30 саастарыгар диэри) бастакы оҕолоро төрөөтөҕүнэ/иитэ ыллахтарына биирдэ бэриллэр көмө – 6212 солк.
Тиийинэн олоруу алын кээмэйиттэн кыра дохуоттаах ыалларга оҕо босуобуйата (ый аайы, оскуоланы бүтэриэр диэри) –
1,7 оройуон коэффициеннаах: 3 сааһыгар диэри – 551 солк; 3-6 саастаах – 598 солк; 6-16 саастаах – 719 солк.
2,0 оройуон коэффициеннаах: 3 сааһыгар диэри – 650 солк; 3-6 саастаах – 705 солк; 6-16 саастаах – 849 солк.
2013 сылтан бэттэх төрөөбүт үһүс, эбэтэр онтон элбэх оҕоҕо социальнай хантыраах быһыытынан түһэрсиллэр судаарыстыбаннай социальнай көмө – ыйдааҕы тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥ (сыл аайы уларыйар).
18 сааһын туола илик 10 оҕолоох (төрөппүт, эбэтэр ииппит) ыалларга социальнай хантыраах быһыытынан массыына/тыраахтар ыларга биирдэ бэриллэр көмө (үөрэнэр буоллахтарына, 23 саастарыгар диэри) – 637 702 солк.