25 Сэтинньи 25.11
  • -21°
  • $ 102,58
  • 107,43

Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Василий Никифоров-Күлүмнүүр пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха АССР 100 сылын көрсө, муус устар 27 күнүгэр, Дьокуускай куоракка XIX-XX үйэтээҕи Саха интиллигенциятын лидеригэр, общественнай, политическай деятелгэ, сырдатааччыга Василий Васильевич Никифоров- Күлүмнүүр пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, диэн СИА-ҕа кэпсиир Саха сирин баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс- сулууспата иһитиннэрэр.

Уус- Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгиттэн төрүттээх бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников бэлиэтээбитинэн,  Василий Никифоров-Күлүмнүүр  үөрэх, сырдатыы уонна  национальнай интеллигенцияны түмүү регион инники кэскилин быһаарыаҕа диэн кыра эрдэҕиттэн билэр эбит.

«Лоп курдук 100 сыл анараа өттүгэр бу күн, муус устар 27 күнүгэр 1922 сыллаахха, Саха автономнай Өрөспүүбүлүкэтин төрүттэниитин туһунан бүтүн Арассыыйатааҕы киин ситэриилээх кэмитиэт уурааҕа тахсыбыта. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев автономнай өрөспүүбүлүкэ олохтонуута-биир күннээҕи үлэ буолбатаҕын уонна биир туспа докумуону ылыныы буолбатаҕын бэлиэтээтэ. Бу иннинээҕи кэм салайааччыта, саха интеллигенциятын маҥнайгы саҕалааччыта Василий Васильевич Никифоров- Күлүмнүүр оҥорбут өҥөтө улахан элбэх, — диэтэ вице- премьер.

Сергей Местников этэринэн, Саха интеллигенциятын дьайыыларыгар олоҕуран Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков уонна кинилэр соратниктара бу историческай докумуону ылыныыны ситиспиттэрэ.

«Михаил Николаев, Вячеслав Штыров, Егор Борисов уонна билигин үлэлии сылдьар өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бэйэлэрин иннинээҕи Саха сирин салайааччыларын үлэлэрин салгыыллар. Үөрэҕирии, сырдатыы, национальнай култуурнай автономияны өйөөһүн – Саха сирин социальнай- экономическай сайдыытын ситиһии мэктиэтэ»,- диэтэ Сергей Местников.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА