Дойду президенэ Владимир Путин Уһук Илин регионугар уонна Арктикаҕа, Донбасска уонна Новороссияҕа СВО кыттыылааҕар, бэтэрээнигэр 2% чэпчэтиилээх ипотека көрүллэрин эттэ.
Ол туһунан Федеральнай мунньахха туһаайыытыгар этилиннэ.
«Уһук Илин регионун уонна Арктика, Донбасс уонна Новороссия олохтоохторугар 2% чэпчэтиилээх ипотека бырагырааматын салгыыбыт. Маннык кирэдьиити СВО кыттыылааҕа, бэтэрээнэ ылыан сөп», — диэтэ президент.
Кини маны сэргэ кыра куораттарга дьиэ кэргэн ипотекатын киллэрэр туһунан этиини бэлэмнииллэригэр эттэ.