1924 сыллаахха «Холбос» Саха сиринээҕи сойууһун аҕытаассыйалыыр хаһыата тахсыбыт.
1986 сыллаахха Москубаҕа бастакы Үтүө дьулуур оонньуулара саҕаламмыттар.
Бу күн горняк, Социалистыы Үлэ Дьоруойа Прокопий Гуляев, биология дуоктара, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, билим уонна тиэхиньикэ эйгэтигэр СӨ Илин бириэмийэтин лауреата Алексей Абрамов төрөөбүттэр.
- Алжир — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан 1962)
- Армения — Конституция күнэ
- Венесуэла — Тутулуга суох буолуу күнэ (Испанияттан 1811)
- Кабо-Верде — Тутулуга суох буолуу күнэ (Португалияттан 1975)
- Мэн Арыы — Тинвальд (түмэн) күнэ
- Чехия, Словакия — Кирилл уонна Мефодий күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1687 — Исаак Ньютон «Айылҕа философиятын математическэй төрүттэрэ» (Philosophiæ Naturalis Principia Mathematica) диэн сүрүн үлэтэ атыыга тахсыбыт. Манна кини аан дойду гравитациятын уонна хамсааһын үс сокуонун быһаарбыт.
- 1922 — Кыһыллар Чурапчы сэлиэнньэтин ылбыттар. Үрүҥнэр аммалыыр суолунан күрэммиттэр.
- 1924 — «Холбос» Саха сиринээҕи сойууһун аҕытаассыйалыыр хаһыата тахсыбыт.
- 1932 — Португалия премьер-миниистиринэн Антониу де Оливейра Салазар анаммыт. Кини бу солоҕо 1968 сыллаахха диэри 36 сыл олорон дойдуну салайбыт. Салазар өр кэмнээх кризис кэнниттэн былааска кэлэн экэниэмикэни өрө тардыбыт, дьадаҥы дьон ахсаанын аччаппыт, ол эрэн үөрэҕириигэ, дьон олоҕун таһымыгар болҕомто ууруллубатах.
- 1945 — Сэбиэскэй аармыйаҕа сэрии бүппүтүнэн демобилизация саҕаламмыт.
- 1978 — ССРС-ка КГБ Миниистирдэр сэбиэттэригэр бас бэриммэт буолбут.
- 1986 — Москубаҕа бастакы Үтүө дьулуур оонньуулара саҕаламмыттар.
- 1996 — Долли диэн ааттаах хой бастакы клоннаммыт үүтүнэн иитээччи кыыл буолбут.
- 2014 — Славянскайга утары туруу тохтообут, куорат Украина бас билиитигэр төннүбүт.
- 2016 — «Джуно» зонд Юпитерга чугаһаабыт уонна бу күнтэн 20 ый тухары тула эргийэ сылдьан планетаны чинчийбит.
Төрөөбүттэр:
- 1853 — Сесиль Джон Родс (1919 өлб.), Англия уонна Соҕуруу Африка бэлиитиг, урбаанньыт, «Де Бирс» хампаанньаны төрүттээччи.
- 1857 — Клара Цеткин (1933 өлб.), ньиэмэс уонна аан дойду хомуньуус хамсааһынын дьайыксыта.
- 1910 — Чурапчыга Прокопий Гуляев (1978 өлб.) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, горняк.
- 1929 — Үөһээ Бүлүү Үһүс Үөдүгэй нэһилиэгэр (билигин Далыр) Алексей Абрамов, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, билим уонна тиэхиньикэ эйгэтигэр СӨ Илин бириэмийэтин лауреата, биология дуоктара.
Өлбүттэр:
- 1912 — Адольф Алунан (1848 төр.), латыш артыыһа, режиссёр, драматург, латыш тыйаатырын олохтооччу.