Госдума алын кылаас оҕолорун босхо сылаас аһылыгынан хааччыйыы туһунан сокуону бигэргэттэ. Докумуоҥҥа дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Сүбэ мунньахха анал туһаайыытыгар таарыйбыт көннөрүүлэрэ учуоттаннылар. Бу туһунан «Российская газета» иһитиннэрэр.
«Бу сүдү суолталаах социальнай көҕүлээһин буолар, хас биирдии алын кылаас үөрэнэччитэ олорор сириттэн тутулуга суох оскуолатыгар босхо аһыыр буолуоҕа», — диэн Госдума спикера Вячеслав Володин эттэ.
Үөрэх кыһалара бэйэлэрин сайтарыгар күннээҕи менюга тиийэ оҕолор тугу аһыылларын туһунан иһитиннэриини таһаарыахтаахтара ирдэнэр. Үбүлээһин федеральнай, региональнай, олохтоох былаас бүддьүөттэриттэн уонна атын дохуот источниктарыттан хааччыллыаҕа.
Алын кылаас оҕолорун босхо сылаас аһылыгынан хааччыйыы 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн 2023 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри кэрчиктэринэн ыытыллыаҕа. Барыллааһын быһыытынан 2020 сыл балаҕан ыйыттан — ахсынньыга диэри уопсайа 26 миллиард солкуобай үп ирдэнэр, онтон 18,5 миллиард дойду хааһынатыттан.