Бу күннэргэ Москва куоракка ВДНХ-ҕа «Көмүс күһүн -2019» диэн 21-с Россиятааҕы агропромышленнай быыстапка ыытылынна. Регионнартан 1500 кыттааччы кэлэн астарын-үөллэрин, бородууксуйаларын көрдөрдүлэр. Бастыҥнар бэлиэтэннилэр.
Быыстапкаҕа Саха сириттэн 100 оҥорон таһаарааччы кытынна. Биир дойдулаахтарбыт уопсайа 28 кыһыл көмүс, 8 үрүҥ көмүс уонна 7 боруонса мэтээли ылбыттарын үгүс СМИ кэпсээтэ. Манна аан бастакытын саха сылгытын уонна ынаҕын көрдөрдүлэр.
“Сахаагроплем” тэрилтэ зоотехнига, саха сүөһүтүн чинчийэр институт научнай үлэһитэ С.И.Заровняев:
— Быыстапкаҕа саха сүөһүлэрэ анал массыынанан 12 суукка айаннаан тиийбиттэрэ. Айаҥҥа уустуктары көрсүбэтилэр, доруобуйалара бары этэҥҥэ. Көрүү түмүгүнэн саха сүөһүтэ, ол иһигэр Одунуттан тиийбит оҕус кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистилэр.
Быыстапкаҕа москвалар аан бастаан саха сүөһүтүн көрөн, сөҕөн-махтайан бардылар. РФ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирэ Дмитрий Патрушев сырытта, ыйыталаста. Саха сүөһүтүн иитиитин Россия үрдүк кыайыытынан сыаналаатылар. Үгүс учуонайдар бу сүөһү генетическай таһыма атынын, таһыччы күүстээҕин, хаанын былдьаппаты, үүтэ, мраморнай этэ күндүтүн бэлиэтииллэр. Бу үс сүөһү 500 000 солк атыыга барда.
ВДНХ 1939 с. Сэбиэскэй былаас саҕана тэриллибитэ. Манна үрдүк ситиһиилээх, Союзка биллибит хаһаайыстыбалар кытталлара. Быйылгы сылга ВДНХ үбүлүөйдээх 80 сыла, онно түбэһиннэрэн саха сүөһүтэ кыттыбыта улахан ситиһии буолар. Онно барарга идея киллэрээччинэн, биһиги тэрлитэбит салайааччыта В.Т. Лукин буолар. СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Д.Г. Белозеров, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ А.П. Атласов өйөөннөр, саха сүөһүтэ улахан билиниини ылан, аан бастаан кыһыл көмүс мэтээли ыллыбыт!
Историяттан билиһиннэрдэххэ: 1917 с. биэрэпис көрдөрөрүнэн, Саха сиригэр уопсайа 455 тыһыынча саха сүөһүтэ баар эбит. Бастакы саха сүөһүтэ Эбээн-Бытантайга иитиллэн турбут. Ол кэмтэн саха сүөһүтүн этэ, үүтэ аҕыйах диэн, кинилэри симментал, холмогор боруодаларга солбуйаллар. Саха ынаҕа сыыйа эстэн барар.
Кэлин 1994 с. Саха Бырабыыталыстыбата уураах ылынан, үөрэтэр, чинчийэр институттар бары кыттыһан, саха сүөһүтүн тэнитэргэ үлэ саҕаланар.
1994 с. Маҕарас Улуу Сыһыытыгар 70 төбө саха сүөһүтэ кэлбитэ. Ол кэмтэн саҕалаан билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ахсаана 1800 тиийдэ. Дьаһал билигин улуустарга киэҥник тарҕанан эрэр. «Сахаагроплем» тэрилтэтэ Одунуга 150 саха ынаҕын кыстатар. Ону таһынан, Намҥа, Аммаҕа, Үөһэ Бүлүүгэ, Өймөкөөҥҥө эмиэ бааллар.
Онон саха сүөһүтэ элбииригэр Улуу Сыһыы тэнийэ сытар сирэ-уота төһүү күүс буолбута.
Ааптар: Күннэй Алексеева, «Үлэ күүһэ» хаһыат, Горнай улууһа