21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Оҕо босуобуйатын докумуоннарын судургутук оҥоруу болдьоҕо 2021 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһуон сөп

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Депутаттар уонна сенатордар бөлөхтөрө Госдуумаҕа оҕо босуобуйатын ылыыга хомуллар докумуоннары судургутук оҥорууну өссө кэлэр сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри болдьоҕун уһатары эттилэр.


«Саас биһиги сорох социальнай төлөбүрдэри ылыы бэрээдэгин судургутуппуппут, ол иһигэр — бастакы уонна иккис оҕоҕо босуобуйаны. Муус устар — алтынньы ыйдарга быһа бэриллибиттэрэ, кумааҕы сырсааһына, эбии бигэргэттэриитэ суох. Бу пандемия кэмигэр сөптөөх быһаарыы«, — диэтэ көҕүлээһин ааптардарыттан биирдэстэрэ, Федерация Сэбиэтин бастакы вице-спикерэ Андрей Турчак.

Ити эрээри дьаһал түмүктүүр чааһа коронавирус тарҕаныыта сытыырхайбыт кэмигэр түбэстэ. «Биһиги маннык түгэҥҥэ бу болдьох 2021 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһуурун сөптөөҕүнэн ааҕабыт«, — диэтэ кини.

Сенатор этэринэн, төрөппүттэр доруобуйаларыгар ыарыынан куттал суоһуо суохтаах, кинилэр тэрилтэлэри кэрийэн уһун уочаракка туруо суохтаахтар эбэтэр докумуон сырсыытыттан акаастанан, көрүллэр төлөбүртэн матыа суохтаахтар. «Ыарахан кэмҥэ дьону өйүөхтээхпит, онон судургутук босуобуйа ылар бэрээдэги олохтуохтаахпыт. Сокуон бырайыага бу күннэргэ ылылларыгар эрэллээхпит«, — диэтэ парламентарий. «Российская газета» суруйар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА