Бу күннэргэ Ньурба оройуонугар «2013-2017 сылларга хаачыстыбалаах дьиэнэн хааччыйыы» судаарыстыбаннай барыл «Эдэр ыалы дьиэнэн хааччыйыы» хос бырагырааматын чэрчитинэн Ньурба улууһун 8 эдэр ыала сертификаттары туттулар.
Эдэр ыаллар дьиэ-уот тутталларыгар уонна атыылаһалларыгар анаммыт докумуоннары тутар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын эбээһинэһин толорооччу, баһылык 1 солбуйааччыта Иннокентий Васильев эдэр дьоҥҥо олохторугар биир бэлиэ күүнүнэн эҕэрдэлээтэ. «Ньурба инникитэ эһиги курдук эдэр, эрчимнээх, олоххо тардыһыылаах, киэҥ көрүүлээх дьонтон тутулуктаах. Ону өйдөөҥҥүт, үрдүк ситиһиилэри дабайарга, олоххо тус суолу буларга уонна төрөөбүт улуускут дьин патриота буолардыы үлэлээн-хамсаан, сайдыыга дьулуһуҥ», — диэн баҕа санаатын тириэртэ.
Ньурба улууһугар 2012 сылтан саҕалаан, 67 эдэр ыал саҥа дьиэлэнэр үөрүүтүн биллэ. Маны таһынан, араас хайысхалаах судаарыстыбаннай барыл иһинэн 90 бюджет салаатын үлэһитэ, 81 төгүрүк тулаайах, «Эргэ дьиэттэн көһөрүү» бырагырааматынан 104 ыал толору хааччыллыылаах кыбартыыраҕа көстүлэр. Чааһынай дьиэ туттан, 484 ыал саҥа дьиэҕэ киирдэ.
Сыыппара көрдөрүүтүнэн, Ньурба улууһугар бүтэһик 4 сылга барыта 800 тахса ыал саҥа дьиэлэнэн, олохторун-дьаһахтарын тупсарыннылар, 54 342 кв м. иэннээх саҥа тутуу ыытыллынна.