2020 сыл 7 ыйын түмүгүнэн Нерюнгри-Аллара Бэстээх хайысханан тимир суолунан таһаҕаһы тиэйии былырыыҥҥы көрдөрүүнү 91% куоһаран, 747 мөл туонна килэмиэтиргэ (тоннокилометр) тэҥнэспит. Тохсунньуттан бэс ыйыгар диэри 692,6 тыһ. туонна таһаҕас тиэллибит. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 43%-нан элбэх.
«Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа барыта 3,4 мөл туонна таһаҕаһы тиэйбит. Ньиэп бородууктатын тиэйии — 432,4 тыһ. туонна (+11%), тутуу матырыйаалын — 130,1 тыһ. туонна (+84%), ас-үөл — 75,1 тыһ. туонна (+31%), атын араас таһаҕас — 207,6 тыһ. туонна (+19%), контейнерынан таһаҕаһы тиэйии — 237,5 тыһ. туонна (+39%), тимири таһыы 25,8 тыһ. туоннанан (+39%) үрдээбиттэр.
Аллара Бэстээххэ диэри таһаҕаһы Россия тимир суоллара биир тарыыбынан 10-01 прейскуранынан таһар. Ол иһин таһаҕаһы тиэйии ороскуота удамыр.