24 Сэтинньи 24.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Нэдиэлэ бүтүүтэ салгын температурата намтыа

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу нэдиэлэҕэ Саха сиригэр муҥутуур өҥүрүк куйаас күннэрэ сатыылаан тураллар. Киин уонна соҕуруулуу-арҕаа улуустарынан  +30 С уонна онтон үөһэ кыраадыс итии күннэр буолуохтара. Ол эрээри нэдиэлэ бүтэһик күннэриттэн салгын температурата намтыаҕа.

Бу туһунан Саха сиринээҕи Гидрометкиин салайааччыта Татьяна Маршалик иһитиннэрдэ.

«Соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа итии буолар, атырдьах ыйыгар эмиэ куйаас күннэр тураллара сабаҕаланар. Ол эрэн, билиҥҥи көрдөрүүлэринэн бу күннэргэ муҥутуур өҥүрүк куйаас күннэр бэлиэтэнэллэр. Салгын температурата киин улуустарынан бу нэдиэлэҕэ  +29… +34 кыраадыска диэри итийиэ. Соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа өссө итии күннэр туруохтара, +32… +37 С кыраадыска диэри тиийэ», — диэн СИА-ҕа Татьяна Маршалик эттэ. Нэдиэлэ бүтэһик күннэригэр  салгын температурата сыыйа намтыа.

«Киин улуустарынан бээтинсэҕэ уонна субуотаҕа быстах ардах түһэрэ күүтүллэр, сорох сиринэн этиҥнээх ардахтыа. Ардахтаах күннэринэн уонна былыттаах буоларынан салгын температурата намтыа. Бээтинсэҕэ салгын температурата  +30… +32С кыраадыска диэри тиийдэҕинэ, субуотаҕа +26… +28С кыраадыс буолара сабаҕаланар. Өрөбүлгэ салгын температурата  +23… +25С кыраадыска диэри намтыа», — диэн Татьяна Маршалик кэпсээтэ.

Ленскэй, Мииринэй, Томпо, Өймөкөөн, Муома улуустарынан  бу күннэргэ этиҥнээх ардах уонна сөкүүндэҕэ 15–20 м/с түргэннээх күүстээх тыалырыа. Үөһээ Дьааҥыга, Абыйга, Муомаҕа, Үөһээ Халымаҕа күүстэх самыыр түһэрэ күүтүллэр, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА