Кэлэр сууккаларга Нам уонна Кэбээйи оройуоттарын туһаайыыларынан халаан уута түһэн барар. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников эттэ, суруйар ЯСИА.
Өлүөнэ өрүскэ халҕаһа муус барыыта Кэбээйи оройуонун территориятынан ааһар. Аллараа өттө Эдьигээн улууһун Бэстээҕэр бэлиэтэнэр. Үөһээ тардыыта Сангаар бөһүөлэгиттэн 5 км үөһэ көстөр, манна биирдиилээн муус устар.
Сангаарга уу таһыма 956 см (кутталлаах бэлиэ 1150 см). Муус ортотук устар.
Салгыы https://ysia.ru/na-territorii-namskogo-i-kobyajskogo-rajonov-ozhidaetsya-spad-urovnya-vody/