5 Ахсынньы 05.12
  • -27°
  • $ 104,24
  • 110,2

Нам улууһугар сааскы халаантан эмсэҕэлээбит эбийиэктэри чөлүгэр түһэрэллэр

10:10, 18 сентября
Хаартыска: «Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата.
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Бэҕэһээ, балаҕан ыйын 17 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн  Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин  бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Нам улууһугар үлэлээтилэр.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата улуус дьаһалтатын телеграм-ханаалыгар иһитиннэрбитинэн,  бырабыыталыстыба бөлөҕө бэйэтин сырыытын айан суолун көрүүттэн саҕалаата. «Нам» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолун 118 км муоста улаханнык алдьаммыта. Өрөмүөнү «Уйгу-Быйаҥ» ГК ХЭТ ыыппыта. Манна 2 м усталаах икки турба ууруллан, сылдьарга табыгастаах буолла. Салгыы тутулла турар саҥа дьиэлэри көрдүлэр. Хатырыкка «Талбан» ХЭТ түөрт чааһынай саҥа дьиэни тута сылдьар. Улууска бэдэрээтчиттэр, урбаанньыттар кыһалҕаҕа түбэспит дьоҥҥо көмөлөһөн, дьиэлэри туталлар.

Салгыы Ил Дархан Айсен Николаев улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар сааскы халаан кэнниттэн чөлүгэр түһэрии үлэлэр тула мунньаҕы куйаар ситиминэн ыытта. Сааскы халааҥҥа элбэх дьиэ эмсэҕэлээн, уопсайа 472 дьиэ хапытаалынай өрөмүөнү ааһыахтаах. Эмсэҕэлээбит дьон өрөспүүбүлүкэттэн материальнай уонна финансовай көмөлөрү ылан, бэйэлэрин күүстэринэн, эбии үптэринэн дьиэлэрин оҥостоллор, өрөмүөннэнэллэр.

Елена Потоцкая, Саха сирэ

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Ключевые слова