21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Муома улууһугар судаарыстыбаннай тэрилтэ чох хостооһунун саҕалыыр былааннаах

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сиригэр «ОДьКХ» ГУТ бэйэтин аннынан «Сахаугольтепло» хос хампаанньаны тэрийдэ. Тэрилтэ Арктика оройуонугар чох хостуур былааннаах.

Ол туһунан ТАСС тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Виталий Чикачевка сигэнэн суруйда. «Улахан былаан тосхоло баар, өрөспүүбүлүкэ территориятыгар чоҕу хостооһуҥҥа. <…> Муома улууһун Соболооҕуттан 40 км тэйиччи сиргэ 1950-с сыллардаахха геологическай чинчийии ыытыллыбыт, онно манна чох баара биллибит», — информагентство Чикачев тылларын тириэрдэр.

Билигин лицензины ылыыга үлэ барар. 1950-с сыллардааҕы дааннайынан, манна 3,7 мөл туонна чох баара биллэр. Хостообут чохторун ОДьКХ-лар филиаллар хочуолунайдарыгар туттуохтара.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА