22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар үүтү тутуу хаамыыта

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Улууска 3 соҕотуопкалыыр тэрилтэ үлэлэрин салҕыыллар. Улуус үрдүнэн үүтү астааһын-үөллээһин былаана быйыл 5292 туонна, сыл саҕаланыаҕыттан улаатан иһэринэн атырдьах ыйын 17 күнүнээҕи туругунан, 3315,478 туонна үүт тутуллубутун улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетыгар чуолкайдаатылар. Тутуу былаана 63 бырыһыан туолан иһэр, диэн Эркээйи хаһыат суруйар.

«Хоту» кэпэрэтиип 10 нэһилиэктэн тутар. Былаана 2050 туонна буоллаҕына, ити күнүнэн 1399,7 туонна үүтү туппут. Былаанын 68 бырыһыана. Араҥас нэһилиэгэ 105,5 туонна үүтү туттарыахтаах, 77 туоннаны туттарбыт. Былаанын 73 бырыһыана. Баатара нэһилиэгэ ‒ 60-31,3-52%. 1-кы Баатара ‒ 23-21,4-93% (Урбаанньыт Иван Аргунов). Мөҥүрүөн ‒ 158-108-68%. Дьабыыл ‒ 187-105-56%. Доллу ‒ 533-365-68%. Мэҥэ ‒ 334-221-66%. Мэлдьэхси ‒ 182-136-75%. 3-с Мэлдьэхси ‒ 159-98-62%. Төҥүлү ‒ 308-237-77%.

«Павловскайдааҕы үүт собуота» кэпэрэтиип 10 нэһилиэктэн тутар Былаана 1637 туонна, тутан иһиитэ 941,608 туонна, туолуута 58 бырыһыан. Дьаҥхаады нэһилиэгэ 197,653 тонна үүтү туттарыахтааҕыттан 74,539 туоннаны туттарбыт. Туолуута 38 бырыһыан. Майа сэлиэнньэтэ ‒ 10-5,739-57%. Догдоҥо ‒ 82-34,488-42%. Хорообут ‒ 490-300,525-61%. Нөөрүктээйи ‒ 419,347-299,452-71%. Ороссолуода ‒ 32-9,448-30%. 1-кы Тыыллыма ‒ 97-50,075-52%. 2-с Тыыллыма ‒ 30-21,243-71%. Хаптаҕай ‒ 203-107,058-53%. Хара ‒ 76-39,041-51%.

«Якутнацпродукт» кэпэрэтиип (Роман Герасимов) 1605 туонна үүтү соҕотуопкалыыр былааннаах. Аҕыс нэһилиэктэн тутар. Ити күнүнэн 974,17 бырыһыан буолбут Туолуута 61 бырыһыан. Алтан нэһилиэгэ туттара былаана 58 туонна, туттарыыта 22,444 туонна, туолуутун бырыһыана 39. Бүтэйдээх ‒ 167,7-86,234-51%. Моорук ‒ 234,1-118,494-51%. 2-с Наахара ‒ 120,9-66,847-55%. Тараҕай ‒ 248,2-233,261-94%. 1-кы Наахара ‒ 147-82,878-56%. Ходоро ‒ 393,8-231,084-59%. Чыамайыкы ‒ 235,3-132,928-56%.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА