Грипп вируһун эпидемиятынан уонна коронавирус тарҕаныытын кутталынан, сорох аптекалар мааскаҕа сыананы үрдэттилэр. Саха сирин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ оннук аптекалартан лицензияларын ылар туһунан быһаарыы ылыммытын иһитиннэрдэ диэн СИА суруйар.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ мааска сыанатын үрдэппит аптекалартан лицензияларын ылар туһунан быһаарыы ылылынна. Биһиги маннык миэрэни ыларга күһэллэбит«, — диэтэ регион доруобуйа харыстабылыгар миниистирэ Елена Борисова. Маны сэргэ министиэристибэ аптекалар төһө кыалларынан нэһилиэнньэҕэ анаан маасканан хааччыналларыгар сүбэлиир.
Министиэристибэ медицина тэрилтэлэрин эмиэ харыстыыр маасканан уонна таҥаһынан хааччыныыларыгар дьарыктанар. Билиҥҥи кэмҥэ биир мөлүйүөн мааска саппааска баара биллэр.