ЛОРП судоэкипаһын сүрүн соругунан Бүлүү бөлөх оройуоттарга таһаҕаһы тириэрдии буолар. Бүлүү эбэҕэ 28 кытаанах таһаҕаһы тиэйэр уонна 10 ньиэби тиэйэр флот үлэлиир.
Бүгүҥҥү туругунан 45,5 тыһ таас чох Мироновскай разрезтан уонна Дьабарыкы-Хайа шахтатыттан тиэлиннэ, эбии былааннаах 4,5 тыһ туонна хаалла. 21 тыһ туонна ньиэп тириэрдилиннэ, 1,3 тыһ туонна метанолу тириэрдии хаалла, билигин уматык Өлүөхүмэ — Дьокуускай ардыгар айанныыр.
Кыһыл-Сыыртан газоконденсаты ОДьКХ туттуутугар Сангаарга тириэрдии үлэтэ барар, салгыы бу хоту айанныахтаах. Маны сэргэ алта тыһ туонна ЯТЭК-ка Аллара Бэстээххэ тиийиэхтээх.
Бүлүү өрүскэ үлэлиир судоэкипажтар: теплоходтар «Капитан Богатырев», «Капитан Шандровский», «Вадим Тюрнев», РТ-776, «Иннокентий Высоких», «Механик Лобанов», «Механик Курчатов», «Валентин Вычужин», «ОТ-2050», «Клязьма», «Днестр», «Анабар», «СК-2032», «СОТ-1133», «ОТ-2048», «Капитан Спиридонов», «Капитан Суханов», «Ленанефть-2053» уонна плавкраннар – Т-108, Т-109, Т-113, Т-126, Т-173.