Саха сирин доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Афанасьев Владимир Путин быйылгы иһитиннэриитэ судургута суох кэмигэр этиллибитин бэлиэтээтэ. Онон бэрэсэдьиэн хас биирдии киһини долгутар боппуруостарга тохтоото: байыаннай дьаһалга, норуоттар икки ардыларынааҕы быһыыга-майгыга уонна саҥа байыаннай-политическай чахчыларга.
«Судаарыстыба сүрүн хайысхалара уонна социальнай мэктиэлэри толоруу, ол иһигэр доруобуйа харыстабылын эйгэтэ болҕомтото суох хаалбата. Ордук бастакы звенону салгыы сайыннарыыга, медицинскэй көмө хаачыстыбатын хааччыйыыга тохтоотулар», — диэтэ миниистир.
Елена Афанасьева бэлиэтииринэн, аҕа баһылык байыаннай дьаһал кыттааччыларыгар , кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр ол иһигэр медицинскэй арыаллааһыҥҥа сүрүн болҕомтону уурарга ыҥырда. Кини Саха сирин медиктэрэ Айсен Николаев сорудаҕынан, бу процесска тута киирбиттэрин санатта.
«Бүгүн өрөспүүбүлүкэҕэ быстах байыаннай дьаһлтан кэлбиттэргэ туох көмө оҥоһуллуохтааҕа өйдөнөр», — диэн Афанасьева кэпсээтэ.