Горнай улууһуттан төрүттээх дьонтон аҥардас Дьокуускай куоракка 3000 кэриҥэ киһи олорор, үөрэнэр дииллэр. Ону таһынан атын улуустарга, уобаластарга бааллары эбэн кэбиһиэххэ. Кинилэр ханна баҕарар сырытталлар, хаһан баҕарар төрөөбүт улуустарын кытта ситимнэрин быһыахтарын баҕарбаттара махталлаах.
2016 c. улуус төрүттэммитэ 85 сылын бэлиэтиибит. Онон быйыл хаһааҥҥытааҕар да түмсүүлээх, нэһилиэнньэ көхтөөх буолуутугар хас биирдии киһи, тэрилтэ болҕомто уура сатыыр. Ол иһигэр «Үлэ күүһэ» редакцията хаһыаппыт сурутуута электроннай варианынан эмиэ ыытыллыан сөбүн быһаарсыбыппыт. Ити ыраах олорор дьоҥҥо ордук табыгастаах уонна наадалаах дии саныыбыт. Улуустарын сонунун, үлэни-хамнаһы тута билиэхтэрэ, үбүлүөйүнэн сибээстээн, төрөөбүт төрүт түөлбэлэрэ, үлэлээбит, умнубат сирдэрэ сайдарыгар, күүс-көмө буолуохтара диэн эрэнэбит.
Хаһыат электроннай вариана компьютерга оҥоһуллаат да, аан дойду ханнык баҕарар куораттарыгар ыытыллар. Онон бэчээттэммит хаһыат редакцияттан почтаҕа да тиийиэн иннинэ, ким баҕарар электроннай аадырыһын арыйан, «Үлэ күүһэ» хаһыаты ааҕар кыахтаах.
Холобура, хаһыат ааспыт субуотатааҕы нүөмэрин Хорватияҕа кыргыттарыгар кыстаан олорор Татьяна Иннокентьевна Березина, бээтинсэ күн (кинилэргэ сарсыарда), кимнээҕэр да эрдэ бастакынан көрөн, үөрдэ-көттө, соһуйда даҕаны. Горнайга кини сыллата аайы Өрт орто оскуолатын бүтэрээччилэргэ стипендия олохтуурун, сайыҥҥы кэмҥэ «Березка» лааҕырыгар улуус оҕолорун тэрээһиннээхтик сынньатарын махтана кэпсииллэр.
Онон улуустарыттан тэйэ сылдьар биир дойдулаахтарбыт, ыйга 60 солк. төлөөн, тапталлаах хаһыаттарын суруйтарыахтарын, ааҕыахтарын, улуус сайдыытыгар санааларын тириэрдиэхтэрин сөп.