Ил Дархан Айсен Николаев РФ генеральнай борокуруор солбуйааччыта Дмитрий Демешиҥҥа Өлүөнэ муостатын тутуу бырайыагын көрдөрдө. Үлэ хонтуруоллуур-кэтээн көрөр уоргаттар кыттыылаах ыытыллыаҕа, бу туһунан регион салалтатын пресс-сулууспата эттэ.
Дмитрий Демешин бэлиэтээбитинэн, Өлүөнэ муостата экономика көрдөрүүтэ улаатарыгар сүрүн хайысха буолуоҕа, бу Саха сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥэ уонна дойдуга барытыгар туһалыаҕа. Муоста киирдэҕинэ өрөспүүбүлүкэҕэ тырааныспар сырыыта 22%-тан 87%-ҥа диэри эбиллиэҕэ.
Өрүттэр эбийиэк тутуутун сүрүн боппуруостарын, үлэ былаан-кыраапыгын туолуутун көрдүлэр. Саха сирин борокуратууратыгар муостаны тутууну, харчыны сыалынан туттууну, тутуу болдьоҕун уонна хаачыстыбатын кэтээн көрүүнү хааччыйарга сорудахтанна.
Демешин тутууга олохтоох хампаанньалары кытыннарыыны, үлэһит быраабын тутуһууну сүрүн боппуруоһунан көтөхтө.
Россия президиэнэ Владимир Путин Өлүөнэ муостата болдьоҕор хаачыстыбалаахтык тутуллан үлэҕэ киирэригэр туруорбут соруктара туолуохтаахтар.