22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлүөхүмэ аэропордун реконструкциялааһын 47 % бэлэм буолла

19:01, 10 февраля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өлүөхүмэ аэропорда көтөр- түһэр балаһатын тупсарыыга тутуу үлэтэ 47% бэлэм буолла. Бу туһунан оройуон олохтоохторугар отчуот кэмигэр бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.

«2019 сылга магистральнай инфраструктураны кэлимник сайыннарыы уонна кэҥэтии чэрчитинэн Өлүөхүмэ аэропордун реконструкциялааһын үлэтэ саҕаламмыта. 2019 сыл от ыйыттан 2021 с. алтынньыга диэри аэропорт  көтөр-түһэрэр балаһытын урууллуур суоллаах гына тупсарыыга үлэлэрэ толорулуннулар. Тутуу бэлэмэ билигин 47%», — диэтэ Дмитрий Садовников.

2021 сыллааҕы тутуу сезонун түмүгүнэн, 13 ый үлэттэн хаалыы бэлиэтэнэр. Итинэн сибээстээн, реконструкция түмүк туттарыыта 2023 сыл ахсынньытыгар көһөрүллүбүт (урут 2021 сыл алтынньытыгар диэри түмүктэнэрэ былааннанара). 2021 с. алтынньы 18 күнүттэн  Өлүөхүмэ аэропордугар III кылаастаах суудуналары киллэрии саҕаламмыта.

Өлүөхүмэ аэропорда «Аэропорты Севера» федеральнай казеннай тэрилтэ филиала буолар. Аэропорт Ан- 24, Ан- 26, Л-410 сөмөлүөттэри уонна бары тииптээх вертолеттары түһэрэр кыахтаах. Көтөр-түһэр балаһа сабыыта 2021 сыл алтынньы ыйыттан быстах кэмҥэ туттуллар бүрүөһүннээх.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА