22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кулун тутар 31 күнэ. 2016 сыллаахха улахан экраҥҥа "Ыаллыылар" киинэ тахсыбыт - Бикипиэдьийэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1854 — Коммодор Мэтью Перри Токугава сёгунаатын кытта Канагава конвенциятыгар илии баттаан Симода уонна Хакодате пуортарыгар эмиэрикэ атыыһыттарыгар арыйары ситиспит.
  • 1889 — Эйфель башнятын тутуута түмүктэммит.
  • 1940 — ССРС 12-с өрөспүүбүлүкэтинэн Карело-Финскэй ССР буолбут. Урукку Карел АССР-га фиин сэриитигэр Финляндияттан былдьаммыт сирдэр эбиллибиттэр. Бу статуһа 1956 сыллаахха диэри хаалбыта.
  • 1956 — Саха АССР Үрдүкү суутун Президиумун быһаарыытынан ил, политика уонна хаһаайыстыба диэйэтэлэ Степан Аржаков (1899—1942) реабилитацияламмыт. Саха Сиригэр Сэбиэскэй былааһы олохтооччулартан биирдэстэрэ, Саха Сирин автономиятын оҥорсубут киһи, Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ.
  • 1965 — Камчааткаҕа ССРС-ка бастакы геотермальнай электростанция үлэтин саҕалаабыт — Паужетскай экспериментальнай геотермальнай электростанция.
  • 1991 — Грузияҕа референдумҥа олохтоохтор 99 % тутулуга суох буолуу иһин куоластаабыттар.
  • 1992
    • Москубаҕа Федерация сөбүлэҥэр (нууч. Федеративный договор) илии баттааһын буолбут. 18 өрөспүүбүлүкэ уонна атын субъектар илии баттаабыттар, Татарстан, Ингушетия уонна Чечня батыммыттар.
    • Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин уонна Саха бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев экэниэмикэ сөбүлэҥэр илии баттаабыттар. Өрөспүүбүлүкэ бэйэтин сиригэр хостонор көмүс 11,5 бырыһыанын уонна алмаас 20 бырыһыанын атыылаһар кыахтаммыт. Бу иннинэ олунньу 19 күнүгэр «Арассыыйа-Саха алмаастара» (нууч. Алмазы России-Саха, кэлин АЛРОСА диэн ааттаммыта) тэриллибитэ.
  • 1999 — Ньурбаҕа алмаас саҥа туруупката көстүбүт, Марха туруупката диэбиттэр.
  • 2000 — Өймөкөөн улууһун Томторугар «Тымныы полюһа» (Полюс Холода) бастакы бэстибээл буолбут.
  • 2009 — Дьокуускайга Саха Өрөспүүбүлүкэтин билимҥэ уонна техникаҕа интэлигиэнсийэтин I форума буолбут. Түөрт сиринэн төгүрүк остуоллар буолбуттар, СГУ Култууратын киинигэр быыстапка үлэлээбит.
  • 2016 — улахан экраҥҥа «Ыаллыылар» диэн кэмиэдьийэ жанрдаах толору метражтаах саха киинэтэ тахсыбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1340 — Иван I Калита (1288 төр.) — 1325 сылтан Москуба кинээһэ, Владимир-Суздаль улуу кинээһэ (Узбек хаантан 1331 с. Дьаралык ылбыт).
  • 1727 — Ньютон Исаак (1642 төр.) — Англия физигэ, математига уонна астронома, классическэй физика төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.
  • 1932 — Петр Слепцов (1876 төр.) — «Сахалар сойуустарын» кыттыылааҕа. 1922 с. Бүтүн Саха сиринээҕи Тэрийэр сийиэс кыттыылааҕа. 1922, 1924, 1926 сс. Саха Киин Ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн талыллыбыт. 1925 с. хоту олохтоох кыра омуктарга көмөлөһөр комитет председателин солбуйааччынан, онтон кэлин председателинэн ананан үлэлээбит. Кэлин ССРС Наукаларын Академиятын иһинэн үлэлиир Антропология уонна этнография музейыгар хотугу норуоттар боппуруостарыгар научнай консультанынан үлэҕэ ылыллар. П.В.Слепцов талааннаах худуоһунньук, фольклорист, этнограф учуонай этэ.
  • 1934 — Роман Шадрин (1893 с. Түһэгииргэ төр.), эбээн, общественнай диэйэтэл уонна тэрийээччи. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. 1929 сыллаахха Сэрии Кыһыл Знамятын орденынан наҕараадаламмыта. ЯЦИК чилиэнэ, ЯЦИК иһинэн Хотугу омуктарга көмө Комитетын бэрэсэдээтэлэ. ЯЦИК бэрэсэдээтэлин Ойуунускай Платон Алексеевич солбуйааччыта этэ. Бүтүн Союзтааҕы Сэбиэттэр VI Съездка ВЦИК чилиэнинэн талыллыбыта. Москубаҕа сэлликтэн өлбүтэ.
  • 2008 — Владимир Николаев (13.03.1945 төр.) — «Саха Омук» уопсастыба 1990—1993 сс. салайааччыта, Ил Түмэн маҥнайгы ыҥырыытын дьокутаата, аатырбыт хапсаҕайдьыт.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА