23 Сэтинньи 23.11
  • -23°
  • $ 102,58
  • 107,43

Култуура уонна искусство коллеһын устудьуоннара Алампа "Тапталын" оонньоотулар

17:12, 11 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһыгар дьоһун тэрээһин буолла. Саха норуотун улуу бэйиэтэ, талааннаах драматура, прозаига, литература кириитигэ, тылбаасчыта, уопсастыбаннай диэйэтэлэ, Саха сиринээҕи судаарыстыбаннай киинэ кэмитиэтин маҥнайгы бэрэссэдээтэлэ Анемподист Софронов-Алампа «Таптал» драматынан испэктээкили «Театральнай творчество» салаатын II кууруhун устудьуоннара көрдөрдүлэр.


Колледж методиһа Василий Бачьев бэлиэтииринэн, улуу Алампа төрөөбүтэ быйыл 130, «Таптал» драманы суруйбута 100 сыллара туоларынан, бу испэктээкили туруорарга тута быһаарыммыттар. Туруорааччы-режиссер СӨ култуура туйгуна, колледж дириэктэрэ Захар Никитин, кууруһу салайааччы Августина Окоемова, испэктээкилгэ туттуллар тэриллэри, атрибутиканы бэлэмнээбит Александр Александров испэктээкили киэҥ араҥаҕа таһаарарга үгүс сыраларын уурбуттар.

«Көрөөччүлэр, ыҥырыылаах ыалдьыттар киһи уйулҕатын уйадытар, дууһатын долгутар испэктээкили көрөн, таптал абылаҥнаах дьайыыта хайдахтаах күүстээҕин өссө төгүл итэҕэйэн, иэйиилээх түгэҥҥэ өйдүүн-санаалыын бүүс-бүтүннүү киирэн чахчы астына, дуоһуйа көрбүттэрин эттилэр, махтаннылар. Испэктээкили көрө олорон урукку олоххо киирэн хаалбыт курдук санаммыттарын, Кэтириистээххэ көмөлөһүөхтэрин баҕарбыттарын кэпсээтилэр. Устудьуоннар оннук итэҕэтиилээхтик оонньообуттарын хайҕаатылар», — диир чахчы үөрбүт быһыынан Василий Афанасьевич.

Уус-Алдан улууһун Суотту нэһилиэгин олохтооҕо, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Акулина Иванова-Айгыына: «Устудьуоннар айымньы ис суолтатын өйдөөн, итэҕэтиилээхтик биэрдилэр. Кэтирииһи аһынан улаханнык уйадыйдым. Көрөөччү дууһатын таарыйыы, артыыстар сатабыллара. Муусука, уот-күөс олус табыллыбыт. Испэктээкили көрөн баран, инникитин Саха академическай драматическай тыйаатырыгар оонньуохтарын сөптөөх артыыстар үүнэн-сайдан эрэллэр эбит диэн үөрдүм. Күлүк оруолун биһиги биир дойдулаахпыт Сандал Захаров кыайа-хото тутта. Олоҕу, дьон майгытын билбит киһи оруолун олус үчүгэйдик биэрдэ. Саҥата чуолкайа, туттан-хаптан толоруута көрөөччүнү итэҕэтэр. Кэтириис оруола эмиэ бэркэ табылынна. Уопсайынан, испэктээкилгэ кыттыбыт оҕолор бары бу бэртээхэй айымньыны сүрдээх ылыннарыылаахтык оонньоотулар. Ааспыт үйэ баттыгастаах олоҕун хайдах баарынан көрдөрдүлэр, тапталы киһи харыстыахтааҕын эдэрдэргэ өйдөттүлэр. Хас биирдии уобараһы арыйыыга режиссер олус кыһаллан үлэлэспитин хайгыыбын», — диэн санаатын үллэһиннэ.

Салгыы устудьуоннар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар испэктээкили көрдөрөр туһуттан, айаҥҥа турунардыы оҥостоллор.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА